Dimkas Таптал баар, таптал суох

Исполнитель: Dimkas Длительность: 04:16 Формат: mp3
Ну как песня, понравилась? Поделись с друзьями!

Текст песни "Dimkas — Таптал баар, таптал суох"

Кимиэхэ анааммын кэрэ тыллары ыыталыыбын
Ким тапталын баһылаан дьоллоох киһи аатырабын
Мин боростой киһибин таптал диэни билэ илик
Билигин даҕаны улаатыан санаатыгар мэник

Мин бэлэхтиэм олохпун аналбын булар түгэммэр
Күүстээх тыллары этиэмо кинини көрсөр кэмнэрбэр
Баар эрэ буоллун дьолум суолбуттан туора барбатын
Миигиттэн эрэ атын сиргэ уунан хайыспатын

Мин билэбин арааһы көрөн турбутум дьылҕабар
Дьон арахсан сылдьарын көрөн куттанабын испэр
Таптал дьол буолуохтаах мин санаабар дьигинэн
Күүһүрдэр күүһүрэн иһэр буолуохтаах түгэнинэн

Санаабын сайҕыы таарыйа бэйэбэр этинэбин
Эн хаһан эбит аналгын симбиир буолуоҥ дэнэбин
Ол эрэн куттанабын араас атыны көрсүөм диэн
Таптал бэйэтэ булуо көрдөөнкэлиҥҥи кэминэн

Таптал баар ду дойдуга
Итэҕэйэр санаам ааспыта
Икки сүрэх тулуйар дуо
Биир үйэни миэхэ кэпсээҥҥитиий

Үөһээ халлааҥҥа көтүөм этэ эйиигин кытары
Көрсүһэр иүгэммитин күүтүөм олоҕум тухары
Билбэт кыысчааным эйиигин отой көрсө иликпин
Кэлэ иликкинэ иннибэр былааннаах эбиппин

Буолуо сүрэхпэр элбэх күүс эбиллиэ санааларбар
Мин тоҥуй сүрэхпэр элбэх тыл кэлиэ харахтарбар
Абылыам хайаан даҕаны сүрэххин арыйыаҕым
Мин буолан эн санааҕын тылларынан таарыйыаҕым

Бу төгүрүк олоххо элбэх кыыс баар дииллэр этэ
Көстүбэт миэхэ аналым күүтэр санаам дьэ сүттэ
Олохпор кэлэр көмүс күндү диир киһим суох буолла
Уол сүрэҕэ умуллан санаатыгар дэлби уолла

Баар буоллун дьоҥҥо таптал эйэ бэйэни өйдөһүү
Оччоҕуна эрэ тахсыаҕа аанньал өрүү өйүү
Баар буоллун элбэхтэ доҕордоһууну кытта үөрүү
Бу орто олоххо таптал сүттэ туораттан көрүүй

Еще песни Dimkas

0:00 0:00

Заголовок проигрывателя Подзаголовок проигрывателя

(режим воспроизведения)