Skill Доҕор алгыһа

Исполнитель: Skill Длительность: 03:18 Размер: 7.58 МБ Качество: 320 kbit/sec Формат: mp3
Ну как песня, понравилась? Поделись с друзьями!

Текст песни "Skill — Доҕор алгыһа"

Атастарым, олохпор күндү таастарым,
Эһиэхэ сүрэхтэн тахсар тылларым.

Мин олохпор, эһи, доҕотторум,
Бу сир үрдүгэр мин сорохторум.
Суол суох, суох диэмэ, кэбис,
Ыра санаан салайан үлэлэс.
Күндэлэс халлааҥҥа
Күлүмүрдэс күн уота
Уол оҕо, хорсун хотойдуу,
Эн, хоту сир омуга.
Омуна суох ойуулаан-айан
Оһуордаах олох уһун суолунан,
Улам-улам сатаан кубулутуоҥ,
Улуу буолуоҥ, турун чулуу доҕоруом.
Оҥорбутуҥ бар дьоҥҥор
Умнуллубат үгэс буоллун.
Кэс тыыннаа эдэр ыччаты,
Эстимэ, эйигин истэллэр.
Ким дьаныһар - дабайар ыраах,
Ким итэҕэллээх - сырдык тыыннаах,
Ким сиэрдээх - ол инникилээх,
Ким түмсүүлээх - ол тирэхтээх.
Бүгүн эмиэ биир күн элэс,
Кэлэр күн күндүнү бэлэхтэс,
Эриэккэс эдэр саастарбыт...

Хос ырыата:
Көтүүй, ол хотойдуу,
Көрүүй, сирбит үрдүн үөһэттэн,
Халлааҥҥа өрө хоҥкутун,
Эн дайаар уһуннук.

Эдэр саас элэҥнэс күннэрэ,
Үүннүлэр ол сэргэх түүннэрэ.
Ким күлэр үлүбээй күнү кытары,
Ким номнуо арыйар кынатын.
Эһигинниин мин дьоллоох буолуом,
Толоруом олоҕу доҕор эрэлинэн,
Тэринэн тэҥҥэ этэҥҥэ холкутук,
Дьон этэригэр, ол кини курдук.
Судургуну сураһар буолумуох,
Суон сураҕа сурабыт иилистэ.
Эргиспит эстибэтин туһугар,
Тус бэйэм уурабын сыалбын,
Тутуһан кулуһун тула олорон,
Оҥорон көрбүт көрүүнү толорон.
Доҕотторум, ол мин сорохторум,
Саарбаҕа суох баарбын умнумаҥ.
Кылгастык мин табыгастык
Алгыспын алтыһар атаспар
Алҕаспын адаҕа гынымаҥ,
Туман иһигэр ситими сүтэримэҥ.
Туман иһигэр ситими сүтэримэҥ!

Хос ырыата.

Еще песни Skill

0:00 0:00

Заголовок проигрывателя Подзаголовок проигрывателя

(режим воспроизведения)